Уважаемые якутяне!
 
От имени руководства республики и от себя лично поздравляю вас с проведением Ысыаха, посвященного Олонхо - шедевру устного и нематериального культурного наследия человечества в ЮНЕСКО.
 
Олонхо - бесценное богатство, заключающее в себе всю красоту, могущество и яркость якутского языка. Это духовно-культурное достояние и историческая память нашего народа.
 
Айсен Николаев открыл Ысыах Олонхо в Намском улусе
Айсен Николаев открыл Ысыах Олонхо в Намском улусе

 
Для сохранения, изучения и популяризации якутского эпоса с 2006 по 2015 гг. в республике было объявлено первое десятилетие Олонхо, а с 2016 по 2025 гг. - второе десятилетие. За прошедшие годы проведена большая работа. Создан эпический Театр Олонхо с традиционным и инновационным способами постановок и исполнения. В его репертуаре сегодня насчитывается свыше 40 спектаклей - олонхо и моноспектаклей.
 
В течение 20 лет среди детей проводится фестиваль «Я - дитя Земли Олонхо». Если в первом конкурсе было заявлено всего пять участников, то в 2019 году - более 500 детей. Среди взрослого населения с 2006 года проводится конкурс «Да восславится Великое Олонхо». В этом году в состязаниях олонхосутов приняли участие около 150 человек. Кроме этого, среди молодых исполнителей проводятся конкурсы «Куйуур Олонхото» и «Мунха Олонхото».
 
В свет выпущены около 500 научных сборников, монографий, библиографических указателей, справочников, книг по олонхо. В улусах республики построено 13 Домов олонхо, в которых сосредоточена работа по индивидуальному и коллективному устному исполнению эпоса. Также в планах - строительство в районах еще 11 таких домов.
 
Дорогие друзья!
 
В этом году Ысыах Олонхо проводится в 13-й раз. Он пройдёт в Намском улусе. В этом мероприятии, ставшем в республике уже традиционным, со всех уголков Якутии соберутся лучшие сказители. Из их уст мы вновь услышим удивительно красивые Олонхо о подвигах богатырей Айыы, о борьбе светлых и темных сил, в которых добро всегда берет верх над злом. Наш богатый якутский язык способный тонко, ярко и реально передавать все краски окружающего мира, чувства, действия, переживания героев, никого не оставляет равнодушным.              
 
Еще раз поздравляю с Ысыахом Олонхо! Желаю всем здоровья, счастья и успехов в труде во благо родной республики и России!          
 
Глава Республики Саха (Якутия) Айсен Николаев
 
* * *
 
Саха сирин ытыктабыллаах олохтоохторо!
 
Өрөспүүбүлүкэ салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан ЮНЕСКО киһи аймах култуурунай нэһилиэстибэтин сөҕүмэр баайыгар - Олоҥхоҕо аналлаах Ыһыаҕынан эҕэрдэлиибин!
 
Олоҥхо - саха тылын кэрэтин, эгэлгэ дэгэтин, модун күүһүн түмпүт улууканнаах айымньыбыт. Бу биһиги норуоппут духуобунай-култуурунай нэһилиэстибэтэ, историяны кэрэһилиир өйдөбүнньүгэ.
 
Олоҥхону чөл хаалларарга, чинчийэргэ уонна киэҥник тарҕатарга 2006 сылтан 2015 сылга диэри өрөспүүбүлүкэҕэ Олоҥхо бастакы уон сыла, 2016 сылтан 2025 сылы хабан иккис уон сыла биллэриллибитэ. Бу ааспыт сылларга дьоһун үлэ-хамнас ыытылынна. Олоҥхону туруоруу уонна толоруу олохсуйбут үгэстэрин уонна инновационнай ньымалары дьүөрэлиир Олоҥхо эпическэй театра тэрилиннэ. Бу театр репертуарыгар 40 тахса спектакль киирэр - олоҥхо уонна моноспектакль. Оҕолорго “Олоҥхо дойдутун оҕотобун” фестиваль 20 сыл устатыгар ыытыллан кэллэ. Бастакы куонкуруска 5 оҕо кыттыбыт буоллаҕына, 2019 сылга 500 тахса оҕо сайаапкатын биэрдэ. Улахан дьоҥҥо 2006 сылтан “Уруйдан, Улуу Олоҥхобут” куонкурус ыытыллар. Быйыл олоҥхоһуттар күрэхтэһиилэригэр 150 киһи кытынна. Ону таһынан эдэр толорооччуларга анаан “Куйуур Олоҥхото” уонна “Муҥха Олоҥхото” куонкурустар ыытыллаллар.
 
Олоҥхоҕо аналлаах 500 кэриҥэ араас научнай хомуурунньуктар, монографиялар, библиографическай ыйыылар, ыйынньыктар, олоҥхо туһунан кинигэлэр күн сирин көрдүлэр. Өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар 13 Олоҥхо дьиэтэ тутуллан үлэҕэ киирдэ, онно олоҥхону биирдиилээн уонна кэлэктиибинэн толорууну иилиир-саҕалыыр үлэ ыытыллар. Итинник дьиэлэри өссө 11 оройуоҥҥа тутары былаанныыбыт.
 
Күндү доҕоттор!
 
Быйыл Олоҥхо Ыһыаҕа 13-с төгүлүн ыытыллар. Олоҥхо Ыһыаҕа Нам улууһугар буолуоҕа. Өрөспүүбүлүкэбитигэр үгэс буолбут бу тэрээһиҥҥэ Саха сирин араас муннуктарыттан бастыҥ олоҥхоһуттар мустуохтара. Кинилэр Олоҥхо алыптаах эйгэтин эмиэ арыйан, Айыы бухатыырдарын кыайыылаах-хотуулаах сырыыларын, үс халлаан анныгар үрүҥ күүстэр хара күүһү самнарыыларын туһунан умсугутуулаахтык туойуохтара. Тулалыыр айылҕабыт бары өҥүн-дьүһүнүн харахха көстөрдүү ойуулуур, икки атахтаах иэйиитин киһи дууһатын кылын таарыйар саха тыыннаах тылын дьоҕуругар ким барыта сүгүрүйэр, сөҕөр-махтайар.
 
Өссө төгүл барыгытын Олоҥхо Ыһыаҕынан эҕэрдэлиибин! Эһиэхэ чэгиэн доруобуйаны, дьолу уонна төрөөбүт өрөспүүбүлүкэбит, Россия туһугар үлэҕитигэр-хамнаскытыгар ситиһиини баҕарабын!
 
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана А.С. Николаев